Хоту муора кытыытыгар республикаҕа соҕотох балык бултааһынынан дьарыктанар “Арктика” холкуос (юридическай аата – артель) буолар. Бүгүн бу холкуоһу бэһис сылын Ирина Николаевна Шумилова салайан олорор. Хоту дойду бэйэтэ айылҕатынан эрэ уустуктардаах буолбатах, суола-ииһэ, үлэ тэрээһинэ барыта ыарахан, ону дьахтар киһи хорсун санаатынан, үлэ киһитигэр муударай сыһыанынан эрэ кыайар кыахтаах, ити толору Ирина Николаевнаҕа сыһыаннаах.
Холкуос урукку өттүгэр элбэх үтүө үгэстэрин этэҥҥэ ыһыктыбакка, салгыы сайыннаран, дойдуга тахсар ыарахаттары тулуйан-эрийсэн кэлбитигэр Ирина Николаевна үтүөтүн бэлиэтиир наадалаах. Ирина Николаевна Быыкап сиригэр кийиит буолан кэлбитэ 33 сыла буолла. Бэйэтэ Бүлүү улууһугар Кыадандаҕа элбэх оҕолоох Мария Ивановна уонна Николай Семенович Николаевтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүт. Кэргэнэ – Иван Кириллович Шумилов бэрт уһун сылларга төрөөбүт нэһилиэгин баһылыгынан үлэ бөҕөнү үлэлээн кэлбитэ. Булт, балык дьарыктаах Шумиловтартан төрүттээх. Кэргэннии Шумиловтар – Ирина уонна Иван үс оҕолоохтор, сэттэ сиэннээхтэр.
Кылгастык Ирина Николаевналыын түмүктэнэн эрэр сыл туох ситиһиилээҕин сэһэргэстибит: – “Төрдүс кварталга 380 тонна былааннаахпыт, толорор эрэллээхпит, билигин муус аннынан балыктааһын түмүктэнэн эрэр, бөһүөлэккэ учаастактартан балык таһыллыыта саҕаланна. Ыарахаттар бааллар, төһө кыалларынан үлэ киһитигэр үлэлиир усулуобуйатын тэрийэбит, оҥоробут. Балык учаастактарын дьиэлэрэ-уоттара толору хааччыллыылаахтар. Бу сылга Арктика үгүс улуустарын балыксыттарыгар, ол иһигэр биһиэхэ эмиэ, туттарыллыбыт балыктарын харчыта кэмигэр төлөммөтөҕө уустуктары үөскэттэ. Элбэхтик туруорустубут, эппиэтин күүтэбит. Дьон туһугар диэн үлэһиттэрбит куоракка үөрэнэр оҕолоругар уруккуттан да көмө оҥоһуллар этэ, билигин да үөрэххэ киирэллэригэр, дьиэлэригэр кэлэр-барар проезтарын холкуос уйунар.
Бэйэм иккис дойдум буолар бу сирим, оҕолорум төрөөбүт дойдулара, манна улаатан үлэһит дьон буоллулар, онон үлэбинэн-хамнаспынан иэспин төлүүбүн дии саныыбын, бу биэс сылга дьонум туһугар диэн, кинилэр эрэллэрин толорон, үлэлээн кэллим”.
Кылгас гынан баран дириҥ ис хоһоонноох буолла дии саныыбын кэпсэтиибин.
Мантан кэнники холкуос үтүө үлэһит дьоннорунан олорор, аата ааттанар диэн мааны балыксыт дьоннорун кытта тэҥҥэ саамай наадалаах, эппиэтинэстээх үлэлээх суоппар дьон буолаллар. Олор истэриттэн манна төрүт олохтоох, үтүө киһи, Иосиф Николаевич Шумилов туһунан кэпсэтиибит салҕанар.
1960 сыллар бүтүүлэригэр сабыллыбыт Тумат нэһилиэгин киинэ буолан турбут Саҕастыыр сэлиэнньэтэ бэрт улахан историческай суолталааҕынан биллэр этэ, ол эбэтэр, 1880 сыллар саҕаланыыларыгар Арктикаҕа бастакынан манна полярнай станция олохтоммута.
Саҕастыырга ыт көлөлөөх булчут, балыксыт дьон: Шумиловтар, Ачикасовтар, Корякиннар, Гоголевтар аҕа уустара олорбуттара. Мин кэпсэтэр киһим халыҥ аймах Шумиловтартан биирдэстэрэ – Иосиф Николаевич Шумилов, бэрт сэргэх сэһэннээх-кэпсээннээх киһи. Төрүт сирэ Саҕастыырга урут олохсуйан олорбут дьонноро бултуулларыгар анаан оҥостубут тирэх тыыларын соспутунан уулары туорууллар эбит, ол соһор диэн тылтан төрүттээх Саҕастыыр үөскээбит диэн кэпсиир Иосиф Николаевич.
Аҕата Николай Николаевич Шумилов сааһын тухары кырсаһыт этэ, муора арыылырынан көһө сылдьан бултуура. Оттон олорбут дьиэлэрэ-өтөхтөрө билигин да Тумат арыытыгар Саҕастыырга баар.
Иосиф төрөөбүт Туматыгар төрдүс кылааһы бүтэрбитэ, Станнах хочоҕо үөрэнэ сылдьыбыта, орто оскуоланы Күһүүргэ бүтэрбитэ. Ити хоту сир оҕолорун дьылҕалара этэ, ааспыт кэмнэргэ үөрэхтэрин улуус нэһилиэктэрин оскуолаларын кэрийэн үөрэнэллэрэ. Советскай армияҕа Забайкальскай военнай уокурукка икки сыл сулууспалаан кэлбитэ. Дьокуускайдааҕы университет биолого-географическай факультетыгар бэлэмнэнии курсун ааһан баран, күһүн үөрэҕэр барарыгар суолга хааттаран, куоттаран тиийбитин үөрэҕэр ылбатахтар. Суоттутааҕы биир сыллаах суоппардар курстарын бутэрбитэ. Эргиллэн кэлэн “Арктика” холкуоска үлэҕэ киирбитэ. Бүгүн ыал аҕата, сиэннэр эһээлэрэ, мааны дьиэ-уот хаһаайына, ааспыт сылларга үлэ бөҕөтүн үлэлээн кэллэ, бүгүн да холкуоһугар үлэ үгэнигэр сылдьар. Бастакы кэмҥэ механигынан, завгарынан үлэлээбит. Онтон аҕыс уон сылтан Иосиф Николаевич суоппар буолан нэһилиэгин иһигэр, Станнааҕынан, Туматынан, Таймылыырынан, Самах арыы, Петрушка онтон да атын балык учаастактарынан массыына суолун бастакынан арыйбыт киһи буолар. Хоту сиргэ, ордук муора кытыытыгар суола-ииһэ суохха, күн-дьыл араас мэһэйдэрин айан дьонун хоодуота–кыайыылааҕа эрэ туруулаһар. Ол саҕана массыынанан таһыллыбыт холкуос балыгын Быыкапка баар балык тэрилтэтэ тутара.
1990 сылтан Иосиф үлэтигэр саамай эппиэтинэстээх кэм саҕаланар, ол саҕана холкуос бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Иванович Винокуров холкуоска улахан кыамталаах таһаҕас массыыналарыгар наадыйан Иосиф Николаевиһы биир көмөлөһөөччүлээх Челябинскай куоракка командировкалыыр. Кинилэр Дьокуускайынан, Москванан айаннаан Челябинскай куораттан улахан таһаҕас массыыналарын перегоннаан аҕалаллар. Бу ыраах, сыралаах уһун айан этэ. Челябинскай куоракка УралАЗ заводтан атыылаһыллыбыт улахан массыыналар Москва куораттан платформаҕа тиэйиллэн, Бам тимир суолунан, Тынданан, Золотинканан, Дьокуускайтан уу суолунан баржаҕа тиэйиллэн айаннаан, дьэ, дьиэлэрин Быыкап биэрэгин булаллара. Ол сылларга Иосиф оннук элбэх сырыыны оҥорбута. Аҕалбыт биир улахан массыынатыгар алта сыл үлэлээбитэ, кэлин бензовоһунан бензин–солярка таспыта. 2014 сааһырдым диэн уурайан, сынньалаҥ үлэҕэ, харабылынан көспүт. Ол да буоллар, анал балык учаастактарыттан бултуур балыктыыр звенолаах, былааннарын толорон иһэллэр. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, тиэхникэҕэ сыһыаннаах киһи туох эмэ сонун баарын куруук көрөр-истэр үгэстээх эбит. Ол курдук бастакынан “новые технологии” диэн ааттанар, киһиэхэ билигин олус наадалаах тэриллэр баар буолбуттарын Дьокуускай куоракка таба көрбүт, биир наадалааҕын атыылаһан аҕалыммыт. Киниттэн билэн, оһох сылааһыттан уот биэрэр саҥа тэрили ылан тутта олорор Араҥастаах балыксыттара махталлара Иосиф Николаевичка улахан.
Иосиф Николаевич кэргэнинээн Ольга Федотовналыын ыал буолан олорбуттара отут сэттис сыла буолла, үс оҕолоохтор, түөрт сиэннээхтэр. Улахан уол ыарыһах буолан дьиэҕэ да олордор, билиҥҥи кэм сибээһин барытын баһылаан чуҥкуйан олорбот туһалаах киһи. Иккис уол Сергей икки үрдүк үөрэхтээх, Дьокуускай куоракка бэйэтэ тэрилтэлээх, онно үлэлиир, үс оҕолоох. Кыыстара Оксана Тиксиигэ олорор, улуустааҕы баай-дуол уонна сир сыһыаннаһыытыгар управление начальнигынан улэлиир, биир оҕолоох.
Сааһыран истэххэ, төрөөбүт төрүт сириҥ ахтылҕана улаатар, эргиллэн тиийэ туруоххун баҕараҕын диэн Иосиф Николаевич санаатын үллэстэр. Ол санааттан убайа киһи Иван Кириллович Шумиловтыын ытык– мааны төрөөбүт сирдэригэр, дьоннорун ааттарыгар-суолларыгар сүгүрүйэн, ааспыт сылга дьонноро олорбут дьиэлэригэр Саҕастыырга өйдөбүнньүк мраморнай мемориальнай дуоска туруорбуттар. Өбүгэлэрбитин кэлэр ыччаттарбыт кэриэстээтиннэр, кинилэр ааттара сүппэтин, оһон хаалбатын диэн. Маннык бырааттыы Шумиловтар төрөөбүт төрүт сиргэ таптал, ону тэҥэ төрөппүт аҕа–ийэ аатыгар-суолугар сүгүйүрүү үрдүк сыһыанын көрдөрөллөрүттэн киһи эрэ махтаныах курдук. Махтал бу үтүө дьоҥҥо.
“Арктика” холкуос биир төһүү үлэһитэ, билигин да эдэрдии эрчимнээх, төрөөбүт сиригэр үтүө сыһыаннаах Иосиф Николаевич инникитин да үлэтигэр үгүс былааннаах.
Т.К.Слепцова,
Тиксии, тохсунньу ый
© Ассоциация КМНС Республика Саха (Якутия)
По какому адресу пройдет онлайн форум? Где ссылки?