Талаҕынан өрүү маастара Александр Апросимов

апрсимов саша1Бу ый аҕыһыгар өрөспүүбүлүкэбит үлэлээх буолуу уонна социальнай харалта миниистиэристибэтин иһинэн үлэлиир эдэр имбэлиитттэргэ олохторугар олус наадалаах идэлэргэ үөрэтэр интэринээт-техникум “Арктика күнэ” диэн тэрээһини ыытта. Ол тэрээһини бэлэмнэспит, актыыбынайдык ыытыспыт, биһиги, эбэҥкилэр ассоциациябыт бырабылыанньатын чилиэнэ, интэринээт-техникумҥа талаҕынан өрүүнэн оҕолору дьарыктыыр Александр Дмитриевич Апросимовы кытта көрсөн кэпсэттим.

В.И.: Дорообо, Александр Дмитриевич! Кэпсэппэтэх да ыраатта, кэпсэтэ түһүөххэ дуу...

А.Д.: Дорообо. Кырдьык, кэпсэтэргэ кэпсээн элбэх. Арай көрсүһэрбит аҕыйах.

В.И.: Эһиги техникумҥут “Арктика күнүн” олус үчүгэйдик тэрийэн ыытта диэн иһиттим. Ол туһунан кэпсээ эрэ.

А.Д.: Бу “Арктика күнэ” тэрээһин быйыл үһүс төгүлүн ыытылынна. Иилээн-саҕалаан биһиги дириэктэрбит, Абыйтан төрүттээх, дойдутугар Абыйга уонча сыл баһылыгынан үлэлээбит Винокурова Рина Игнатьевна ыытта. Кини хотугу оройуоҥҥа иитиллибит буолан билэрэ-көрөрө даҕаны элбэх. Манна үлэлээх буолуу уонна социальнай харалта министиэристибэтин иһинэн үлэлиир уонча тэрилтэ кытынна, чугастааҕы Уус-Алдантан, Мэҥэ-Хаҥаластан эмиэ кэлбиттэрэ үөрдэр. Тэрээһиммитин техникуммут аннынааҕы күөлгэ ыыттыбыт. Хас биирдии тэрилтэ ураһа туруоран, хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар таҥастарын таҥнаннар, астарын астааннар, ырыа-тойук, үҥкүү бөҕөнү бэлэмнээннэр, хоробуоттааммыт, хамаанданан биэс-хас көрүҥҥэ күрэхтэһиини тэрийэммит, күммүтүн олус үчүгэйдик атаардыбыт. Алгыһы эбээн биллиилээх ырыаһыта Зинаида Платоновна Никулина оҥорон бырааһынньыкпытын аста.

Хотугу олохтоох омуктар таҥастарыгар, национальнай астарыгар, хоробуокка, балыгы кыһыыга куоҥкурустар ыытылыннылар. Капитоновкатааҕы имбэлииттэр дьиэлэрэ, куораттааҕы социальнай эйгэ тэрилтэлэрэ олус көхтөөхтүк кытыннылар. Үөрдэрэ диэн бу манна кыттыбыт тэрилтэлэр аҕыйах ахсааннаах норуоттар таҥастарын-саптарын, сиэрдэрин-туомнарын, астарын билэллэрэ, хотугу норуоттар оонньууларын үчүгэйдик оонньууллара сөхтөрөр, олус бэлэмнээхтэр. Сылын аайы кыттааччы элбээн иһэрэ, географиябыт кэҥээн иһэрэ үөрдэр.

В.И.: Национальнай аска ханнык хамаанда аһа бастакы миэстэни ылла?

А.Д.: Жюри биһиги техникуммут астаабыт баай хара тыа маанылаах көтөрүттэн – хара уларыттан бүлүүдэни бастыҥынан аахта. Бырааһынньыкпыт бүтүүтэ, үөрэ-көтө уоспутунан үллэстэн сиэн кэбистибит.

В.И.: Техникумуҥ туһунан кэпсии түс эрэ.

А.Д.: Техникуммутугар сүүс уон ыччат дьон сүүрбэттэн тахса улуустан, ол иһигэр Булуҥтан, Кэбээйиттэн, Дьааҥыттан, Абыйтан, Орто Халыматтан кэлэн, атах таҥаһын тигэргэ, столярнай үлэҕэ, килиэп астааһыныгар, оҕуруоччут-садовод идэтигэр, компьютерынан үлэлииргэ, булгаахтыыр үөрэҕэр үөрэнэллэр. Маны таһынан элбэх куруһуоктар үлэлииллэр. Оҕолору араас идэҕэ уһуйаллар. Бары олус наадалаах үөрэхтэргэ үөрэнэллэр, олохторугар бэлэмнэнэллэр. Эһиил талаҕынан өрүүгэ анал куурус-испэссийээлинэс аһыахтаахпыт.

братья у выставки книг отцаВ.И.: Онно төһө оҕо үөрэнэ кэлиэҕэй?

А.Д.: Мин ааспыт сыллар усталарыгар сүүрбэччэ улууска сылдьаммын маастар-кылаас биэрэн кэллим. Онно үөрэниэн баҕалаах олус элбэх. Техникуммар эбии үөрэхтээһин быһыытынан бэһис сылын үөрэтэбин. Олус сөбүлээн үөрэнэллэр. Сүүрбэттэн итэҕэһэ суох киһи үөрэнэ кэлэрэ буолуо. Өрүс кытылыгар олорооччулар, онно үүнэр талаҕынан ону-маны өрөннөр, туһаныахтарын баҕараллар. Бу үксэ корзина араас көрүҥүн, дьиэ тас өттүн киэргэтиигэ туттуллар талахтан өрүү буолар. Маннык тэрилгэ, малга отон, тэллэй, оҕуруот аһа өр буортуйбакка хараллар. Билиҥҥи пластмаас оҥоһуктарыттан уратыта итиннэ сытар. Урут өрүү тууну, атын даҕаны иһити оҥостон олордохторо дии. Онтукабыт мал-сал дэлэйэн уонна хаалыылаах дэтимээри умнуллан хаалбыта хомолтолоох. Билигин экологиябыт айгыраабытыгар биирдэ өйдөнөммүт, уруккубут барыта куһаҕана суоҕун өйдөөммүт, талаҕынан өрүүнү сөргүтэргэ турунан үлэлээбиппин өйөөннөр быйыл кыһын ахсынньыга айар киэһэбин техникумум тэрийбитэ. Ол олус үөрүүлээх этэ.

В.И.: Эн талаҕынан өрүүнэн дьарыктаммытыҥ уон биэс сылын онно бэлиэтээбиттэрэ. Онно Рина Игнатьевна эйигин өрөспүүбүлүкэҕэ соҕотох маннык энтузиаст-маастар диэн кэпсээбитэ. Эйигин бииргэ үлэлэспиттэриҥ, үлэлии сылдьааччыларыҥ бэрт элбэхтик хайҕаабыттара. Икки кинигэҥ тахсыытын презентацията буолбута. Өрөспүүбүлүкэбит бэрт биллиилээх дьоно кэлэн эҕэрдэлээбиттэрэ: Юрий Платонов хас да ырыаны ыллаабыта, Виталий Андросов, Николай Курилов аҕаҕын истиҥник ахтан аһарбыттара, эйигин эҕэрдэлээбиттэрэ.

Эн айар киэһэҕэр соҕуруу баран мебель оҥорорго үөрэммит киһи диэн эппиттээҕиҥ. Бу баҕаҥ туолуо дуо?

А.Д.: Бу олус кэскиллээх дьыала буолар. Биһиэхэ манан дьарыктанар киһи суох. Дьиэ иһигэр олорорго талаҕынан хатыллыбыт, өрүллүбүт тупсаҕай олоппос, кириэһилэ, дьыбаан, остуол оҥорор киһи олус туһалаах буолуо этэ. Маны даҕаны сатыахпыт, үөрэтиэхпит.

В.И.: Эн аҕаҥ туһунан ыстатыйаларгын кытта бэйэҥ үс хоһооҥҥун техникумуҥ кинигэ оҥорон таһаартарбыт этэ, ону таһынан талаҕынан өрүү методикатын туспа кинигэнэн. Эн аҕаҥ айымньыларын, киниэхэ анааҥҥын биэс кинигэни бэлэмнээн таһаардыҥ. Манан сылтаан бэйэҥ айымньы суруйуоххун сөп дуо, хоһоон да буоллун, проза, беллетристика да буоллун?

изделия и наградыА.Д.: Арааһа, ол олус уустук буолсу. Холонон көрөбүн эрэ. Аҕам, атын суруйааччылары ырыппытын аахтахпына, иэйии диэн тылы элбэхтик туттубут буолар. Арааһа, ол иэйии диэннэрэ билигин миэхэҕэ мээнэ киирбэт быһыылаах. Арай, аҕам кэлэр үбүбүөйүгэр бэлэмнээн кинигэ таһаараары үлэлии сылдьабын. Онно аҕам тахсыбатах айымньыларын, поэматын, суруйааччылары кытары суруктарын киллэриэм этэ. Аҕам “Үс үрүйэ” кинигэтин таһаартарбыт Семен Титович Руфовтан аҕам 63 суругун, кини өлүөн аҕай иннинэ ыламмын, куоппуйалаабытым. Кинигэм барыта 500-тэн тахса страницалаах буолсу. Хайдах эрэ гынан харчы булан таһаарбыт киһи диэн саныыбын. Семен Титовичка махталым муҥура суох. Барахсан, үтүө да киһи олохтон туораата. Адьаһын биһиэхэ аҕалыы сыһыаннаах киһи этэ. Кини баар буолан, Гавриил Курилов-Улуро Адо, Моисей Ефимов, Егор Неймохов, Степан Дадаскинов уонна да атыттар көмөлөрүнэн аҕам ааҕыыларын 1995 сыллаахтан саҕалаабытым. Сэмэн Тиитэбис аҕам муһуойа Күпкэ арылларыгар, 1995 сыллаахха, аҕам Түҥ үрэххэ сылдьан уулуу киирбит тайахтары уруһууйдаабытын бэлэхтэппитин муһуойга бэлэхтээбитэ. Худуоһунньук быраатым Андрей бэйэтин оннук хартыынатын Тиитэбискэ биэрбитэ. Онно үөрбүтэ аҕай. Мин киниэхэ анааммын икки чороону оҥороммун бэлэхтээбиппэр: мин кыра да үтүөм уон оччонон эргийдэ – дии-дии үөрэ-көтө олорбута харахпар субу баар. Аҕам туһугар бары тэриллиилэрбэр улгумнук сөбүлэһэн, Дьокуускай куоракка, Уус-Майанан, Күбүнэн, Эдьээнинэн, Үөһээ Бүлүүнэн, Мэйигинэн айаҥҥа барсан-кэлсэн испитэ, олус да улахан көмө, өйөбүл эбит. Кини уонна Николай Габышев суохтара буоллар аҕам поэт, суруйааччы быһыытынан биллиэ суох эбит. Ону бу аҕам суруктара туоһулууллар.

В.И.: Николай Габышевы ахтан аһардыҥ. Мин дойдубар баран кэлэрбэр таайым Миитэрэй Н.Габышевка диэн ааттаан улахан бакыат ыытар этэ. Габышевтаах кэргэним таайын, Василий Филипповиһы кытары сэргэстэһэ биир подъездка олорбуттара. Онон таайбытыгар сылдьа таарыйа Николай Габышевка бакыат киллэрэн туттарарым. Кини аҕаҕар көмөтүн туһунан тугу кэпсиэҥ этэй?

А.Д.: Николай Габышев аҕабын өйөөбүт биир бастакы улахан суруйааччы этэ. Кини “Эҕэрдэ эбэҥки поэта” диэн улахан ыстатыйата аҕабар улахан күүс-көмө буолбута. Аҕам сахалыы суруйарын атын дьон: "Тоҕо эбэҥки поэта дэнэрий?" – диэн утарсаллар этэ. Ол ыстатыйатыгар аҕам суруйуулара уратыларын тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ, кинини улаханнык өйөөбүтэ. Аҕам кинилиин суруйсубуттарыттан Н.Габышев суруктара Күп муһуойугар бааллар. Аҕам суруктарын Николай Габышев аймахтарыттан булбут киһи диэн саныыбын уонна кинилэри кытта бииргэ үлэлэһиэм диэн бигэ эрэллээхпин. Бу икки киһини, С.Руфову уонна Н.Габышевы аҕам бэйэтэ чорбото тутар этэ, истиҥ доҕотторунан билинэрэ. Аҕам, кырдьык, улуу дьону кытары алтыһан доҕордоспутуттан үөрэбин эрэ.

В.И.: Эйигин “Мэйик” түмсүү дьоно: Урут биһиги Сашабыт аҕалаах ийэтинэн, кинилэр үлэлэринэн киэн туттар этибит. Билигин биһиги Сашабытынан-Александр Дмитриевиһинэн киэн туттабыт”, – дэһэллэр. Манна даҕатан эттэххэ, Мэйиккэ саҥа кулууп үлэҕэ киирдэ. Биһиги гастролга сылдьан онно икки испиэктээҕи оонньоотубут, дьону-сэргэни кытары бибилэтиэкэҕэ көрүстүбүт. Соһуйуом иһин, мэйиктэр “Мэйик бибилэтиэкэрдэрэ” диэн улахан форматтаах, элбэх хаартыскалаах кинигэни таһаарбыттар. Онно Дмитрий Нестерович Апросимов туһунан олус истиҥ, иһирэх тылынан кини үлэтин-хамнаһын ахтыбыттар, суруйбуттар. Кини кулууп үлэтигэр, сопхуоска даҕаны, бары үлэттэн туора турбакка үлэлээбитин суруйбуттар, элбэх да уруһууйу онно уруһуйдаабыт эбит. Ол барыта ахтылынна, билэр дьон билигин да бааллара үөртэ.

Александр Дмитриевич аҕаҕын үйэтитэргэ үлэлэргин куруутун сөҕөбүн. Дьиэ кэргэниҥ туһунан кыратык кэпсээ эрэ.

А.Д.: Кэргэним Любовь Павловна Сунтаар Бордоҥуттан төрүттээх. Икки кыыстаахпыт. Улахан кыыһым Катя кэргэннээх, оҕолоох, “Алмаасэргиэнбаан” төһүү үлэһитэ. Сиэммит кыыс, күммүт-ыйбыт, үһүн туолла. Күтүөтүм булгаахтыырынан үлэлиир. Дьиэ кэргэним бары миэхэ күүс-көмө буолаллар. Ордук кэргэним барытыгар өйөбүл буолар. Кыра кыыһым “Сбербааҥҥа” үлэлиир, үрдүк үөрэхтээх испэссийэлиис. Кини үлэтин таһынан хоббита-ырыа. Ырыаҕа өрөспүүбүлүкэбит норуодунай артыыһа Юрий Егорович Платоновка дьарыктанар. Кэлин биир биллэр ырыаһыт буолуо дии саныыбын.

В.И.: Александр Дмитриевич, эн бэрт элбэҕи санныгар сүгэ сылдьаҕын: үлэҥ, дьиэҥ-уотуҥ, ассоциацияҕа үлэҥ, аҕаҥ аатын үйэтитээри кинигэ бэлэмниигин, атын да уопсай үлэлэртэн туора турбаккын. Онон, эйиэхэ мин үтүө доруобуйаны баҕарыам этэ. Үлэҕэр саҥа былааннаах үлэлэриҥ туоллуннар, имбэлиит оҕолору олоххо бэлэмниир бэйэтэ биир улахан үтүө дьыала. Эбэҥкиҥ норуотугар улахан бэлэҕи оҥороҥҥун аҕаҥ айымньыларын киэҥ эйгэҕэ таһаарар үлэҥ сыаналаннын. Дьиэ кэргэҥҥэр, оҕолоргор-урууларгар дьол-соргу тосхойдун!

А.Д.: Күүс-кыах тиийэринэн олохпут тупсарын туһугар үлэлии сылдьыахпыт. Эйиэхэ махтал.

В.И.: Кэпсэппитиҥ иһин улахан махтал. Көрсүөххэ диэри.

 

Валентин ИСАКОВ, ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Илкэн

 

Похожие записи:
Оставьте свой комментарий!

* Обязательные для заполнения поля
Все отзывы проходят модерацию.



Яндекс.Метрика